САХА НАРОДНАЙ
СУРУЙААЧЧЫЛАРА УОННА ПОЭТТАРА.
Серафим Романович Кулачиков -
Эллэй.
(1904-1976)
1929с. хоһооннорун "Күөгэйэр күннэрбэр" диэн бастакы хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. 30-с сыллардаахха поэт айымньытын сүрүн тематагражданскай сэрии. "Саа уоһугар", "Үс сытыык үөһүгэр" хоһоонноро уонна аатырбыт "Буурҕа-буулдьа дьылыгар" поэмата саха советскай литературатын классиката буолбуттара. 30-40-с сыллар усталарыгар:"Саҥа ырыалар" диэн киэҥник биһирэммит хоһоонноро (1932), "Даешь социализм" (1939), "Айан уоттара" (1941).
Эллэй хаалларбыт литературнай нэһилиэстибэтигэр ураты миэстэни остуоруйаҕа олоҕуран суруллубут "Чурумчуку" (1937) поэма ылар. Сэрии кэнниттэн "Саха дьоло" (1947) уонна "Прометей" (1949) историческай поэмаларга Эллэй сүҥкэн эпическэй уонна лирическэй хабааннаах поэт буоларын көрдөрбүтэ. 1950-70-с сыллардаахха Эллэй айар үлэтэ аан дойду, үлэ, эйэ уонна норуоттар доҕордоһуулара, олох түгэннэрин филосовскай ырытыы, норуот историятын темаларыгар анаммыта.
Поэт хоһоон ритмикатын маастара, саха поэзиятыгарсаҥа элбэх литературнай приемнары уонна рифмалары киилэрбитэ, лирическэй герой быһыытынан араас майгылаах уонна дьылҕалаах персонажтары көрдөрбүтэ.
Николай Егорович Мординов -
Амма Аччыгыйа.
(1906-1994)
Бастакы "Ийэ" диэн хоһооно 1927 с. Хотугу Сулус сурунаалга бэчээттэммитэ. Саха литературатын көмүс фондугар киирбит "Быһах угун кыстыммат" кэпсээннэрин хомуурунньуга 1934с. ааҕааччылар дьүүллэригэр тахсыбыта. 1936с. "10 сыл" диэн хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньугун, 1937с. "Атаҕастабыл" сэһэнин бэчээттэтэн бөдөҥ поэт, драматург, прозаик быһыытынан бэйэтин биллэрбитэ.
Амма Аччыгыйа саамай бөдөҥ, айар үлэтин чыпчаалынан буолбут "Сааскы кэм" диэн айымньытынан саха литературатын олох саҥа, үрдүкү кэрдиискэ таһаарары ситиспитэ. Нууччалыы, украинскай, чешскэй, венгерскэй уонна а атын тылларга тылбаастанан ааҕааччылар киэҥ араҥаларыгар тиийбитэ.
Амма Аччыгыйа "Суруйааччы уонна айымньы" литературнай-критическэй ыстатйалар хомуурунньуктарын автора, ону тэҥэ оҕолорго анаан элбэх айымньылары бэчээттэппитэ.
Улахан талааннаах тылбаасчыт. М.Лермонтов "Герой нашего времени", Л.Толстой "Анна Каренина", "Воскресение", В.Шиллер "Коварство и любовь", М.Шолохов "Наука ненависти", "Тихий Дон" курдук роман тылбааһын иһин суруйааччы П.А.Ойуунускай аатынан премияны ылар чиэстэммитэ.
Владимир Михайлович Новиков -
Күннүк Уурастыырап.
(1907 - 1990)
Айар үлэтэ 1925с. саҕаламмыта. "Уһуктубут кыраайга" диэн 20-с сыллардаахха суруйбут хоһооннорун хомуурунньуга 1932с. бэчээттэммитэ, ол хоһооннортон элбэх маассабай ырыа айыллыбыта. "Коммунист Сэмэн" диэн поэзиятын бөдөҥ айымньыта биһирэммитэ. Поэт олоҥхону уонна тойугу үрдүк таһымнаахтык толороро, "Тойон Дьаҕарыма Бухатыыр" олоҥхо автора. Сэрии саҕана үрдүк күүрүүлээх патриотическай хоһооннорун хомуурунньугар киирбит "Хотугу кустук" диэн Советскай Сооюз Геройа Федор Попов хорсун быһыытыгар анаммыт поэмата улахан билиниини ылбыта. 1951с. "Ымыы уонна Налбыһах" диэн колхозтааһын саҕана саха дэриэбинэтин олоҕун көрдөрөр улахан эпическэй поэманы ааҕааччы дьүүлүгэр таһаарбыта.
Күннүк Уурастыырап - талааннаах тылбаасчыт. Кини А.С.Пушкин, Т.Г.Шевченко, Джамбул Джабаев, Микола Бажан уонна да атын поэттар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта.
Дмитрий Кононович Сивцев -
Суорун Омоллоон.
(1906 - 2005)
Саха литературатыгар кылгас кэпсээннэр маастардарынан киирбитэ. Бастакы айымньытын "Өлүөнэ өрүс кэпсээни 1926с. "Чолбон" сурунаалга бэчээттэппитэ. "Сордоох суха", "Аанчык", "Бэйэтэ эмтиэкэ" курдук биһирэммит кэпсээннэрдээх.
Саха сиригэр драматургия уонна театр сайдыытыгар үлэтэ уонна айымньылара сүҥкэн суолталаахтар. Суруйбут айымньылара: "Күкүр Уус" (1934), "Айаал" трагедия (1941), "Сайсары" (1942), "Ийэ дойду иһин" (1950), "Сардаана уонна Саасчаана" (1984) уо.д.а. 1970с. "Күн тахсыан иннинэ" драматын иһин П.А.Ойуунускай аатынан государственнай премияны ылбыта. "Айхал" театрализованнай концерт сценарийа (1942), "Улуу коммунист поратиятыгар" саха бастакы кантатата (1945), "Алаас сибэккитэ" бастакы национальнай опера либреттота, "Ыһыах" ("Северная весенняя") теартализованнай оратория (1958), Лоокуут уонна Ньургуһун" (1959), "Кыһыл Ойуун" (1963), "Умуллубат уот" (И.Эртюковы кытта, 1966), "Хотойдор хоту көтөллөр" (1960), "Дьол тааһа" (1960-63), "Күн Куо" (1970), "Абакаяда" (1982) балеттар либреттолара.
Иван Михайлович Гоголев -
Кындыл.
(1930 - 1998)
Саха литератратыгар 1952 с. киирбитэ. Бастакы "Угуйар уоттар" поэтическай хомуурунньуга ити сылга тахсан сэҥээриини ылбыта., кэлин утуу-субуу "В далекий путь", "Кынаттар", "Хаарчаана", "Өлүөнэ хоптолоро", "Бастакы кыым", "Түөрт саҕах" кинигэлэрэ тахсыбыттара. Киин издательстволарга нуучча тылынан бэчээттэммит "Ягель в инее", "Письмена на бивне мамонта", "Ищу волшебный подснежник", "Серебряное стремя" уонна да атын хоһооннор уонна поэмалар хомуурунньуктара саха поэзиятын үрдүк таһымҥа көрдөрбүттэрэ. Поэт хоһооннорун дойду биллиилээх тылбаасчыттара Вл.Павлинов, О.Шестинскэй, В.Казанцев, Н.Старшинов уо.д.а. нуучча тылынан саҥардан ааҕааччылар киэҥ араҥаларын билсиһиннэрбиттэрэ.
Поэт сүүстэн тахса хоһоонноро ырыа буолан эйээрбитттэрэ.
Талааннаах прозаик быһыытынан "Хара кыталык", "Иэйиэхсити кэлэтии" романнара, "Олорор мутуккун кэрдимэ", "үһүс харах" сэһэннэрэ саха прозатын бэлиэ айымньылара буолбуттара. Драматург быһыытынан "Наара Суох", "Иннэ үүтүнэн" о.д.а. пьесалары, "Цветок Севера" саха бастакы опереттатын либреттотын, "Долина стерхов" музыкальнай остуоруйа-пьесаны суруйбута.
Семен Петрович Данилов.
(1917 - 1978)
1937с. айымньыларын бэчээттэтэн барбыта. Поэт-лирик бэртээхэй хоһоонноро норуокка ырыа буолан көппүттэрэ.
Литератор быһыытынан диапазона олус киэҥ этэ: хаһыат публицистическай хоһооно уонна маасабай ырыа, фельетон уонна көрдөөх-күлүүлээх хоһоон, оҕолорго анаммыт хоһооннор, кэпсээннэр, литературнай-критическэй ыстатыйалар, норуот айымньытын поэтическай обработка, поэмалар.
А.пушкин, М.Лермонтов, А.Мицкевич, Т.Шевченко, И.крылов, М.Горькай, А.Гайдар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Семен Данилов аата дойду уус-уран тыллаах маастардарын кытта биир кэккэҕэ турар.
Софрон Петрович Данилов.
(1922 - 1993)
1934с. уон икки саастааҕар "Кыым " хаһыакка бастакы суруйуутун бэчээттэппитэ. 1938с. "Бэлэм буол" хаһыакка "Мууска" диэн хоһооно бэчээттэммитэ, сотору соҕус буолан баран илиинэн суруллар студеннар сурунаалларыгар суруйааччы бастакы кэпсээнэ тахсыбыта.
Айар үлэтэ саха литературатын киэҥ туттуута. Үгүс хоһоонноро ырыа буолан көппүтэрэ, "Сүрэх тэбэрин тухары", "Кыыс Амма", "Дьэҥкир туһунан номох" романнара киэҥ биһирэбили ылбыттара, "Манчаары", "Дьоҥҥо үөрүүнү аҕалан", "Уот", "Бааһына" сэһэннэрэ араас кэмҥэ тахсан ааҕааччы болҕомтотун тардыбыттара.
"Сахалар ааттарыттан" драмата С.А.Григорьев туруоруутунан 1959с. драматургияҕа республикатааҕы конкурска иккис премияны ылбыта.
Ефимов Моисей Дмитриевич
(1927)
Талааннаах оҕо оскуолаҕа киирээт, эркин хаһыатыгар хоһооннорун таһааттаран барбыта. 1957с. ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнинэн ылыллар. Ити сылтан ыла айар үлэ эйгэтигэр кимиилээхтик киирэр.
45 кинигэтэ сахалыы, нууччалыы, казахтыы, тувалыы тылларынан тахсыбыттара, ону таһынан 5 кинигэни тылбаастаан бэчээттэттэ. Поэт Сергей Есенин эппитинии "Мин олоҕум кэпсээнэ - мин хоһооннорум" диэн киэҥ тутта этэр. кини бастакы хоһооннорун хомуурунньуга 1954 с. тахсыбыт "Киирбэт күннээх дойдуга" диэн, бүтэһик улахан айымньыта - "Хотой үҥкүүтэ" 1993 с. тахсыбыта.
Ермолаев Рафаэль Дмитриевич -
Баҕатаайыскай
(1931)
1951 с. бэчээттэнэр. «Кытыан кымньыы» диэн үгэлэрин, хоһооннорун бастакы кинигэтэ 1957 с. бэчээттэммитэ. Сатирик-поэт быһыытынан киэҥник биллибитэ. «Уолаттар уонна кийииттэр» хоһоонунан романа туспа кинигэнэн тахсыбыта. «Бэйэҥ сулускун булуоҥ» роман, «Мөһүүрэлээх бөтүүктэр» диэн сэһэннэрэ ааҕааччы болҕомтотун таппыттара.
Норуот таптаан ыллыыр ырыаларын тылын суруйбут лирическэй, гражданскай поэт быһыытынан эмиэ биллэр.
Кэлин сылларга саха чулуу дьонноругар анаабыт поэмаларын бэчээттэттэ. Ахтыылары суруйда.
Николай Гаврильевич Золотарев -
Николай Якутскай.
(1908 - 1996)
Аан бастаан украинскай уонна молдавскай хаһыаттарга "Тирасполь-город, основанный Сувровым", "Под новый год" уонна да атын документальнай очеркалара бэчээттэнэн тахсаллар. "Особняк Любы Одесской" диэн очеркатын анныгар аан бастаан Николай Якутскай диэн псевдонимынан илии баттаабыта.
1947с. суруйааччы бастакы бөдөҥ айымньыта - "Төлкө" роман бастакы чааһа бэчээттэммитэ. 1948с"тахсыбыт "Көмүстээх үрүйэ" сэһэнэ биир бастыҥ айымньыта буолбута. Суруйааччы олоҕун кэнники кэрдиис кэмигэр айылыбыт "Илин уонна Арҕаа" автобиографическай роман, "Адаҕа" уонна "Сүтүк" романнара эмиэ биһирэбили ылбыттара.
Кырачаан ааҕааччыларга анаан "Дьүкээбил уоттара", "Хотой доҕоро" курдук бэртээхэй айымньылары суруйан хаалларбыта.
Кривошапкин Андрей Васильевич
(1941)
1962 с. бэчээттэнэр. Бастакы кинигэтэ "Опо" эбээн тылынан 1969с. тахсыбыта. "Оҕо сааһым табалара", "Уйамкане идут на Север" сэһэннэрэ, "Дьылҕам кытыла" (1988), "Көмүс таба" (1990) романнара киэҥ биһирэбили ылбыттара.
Николай Анатольевич Лугинов
(1948)
1974 с. бэчээттэнэр. Бастакы кинигэтэ «Кэпсээннэр» 1976 с. тахсыбыта. Элбэх сэһэн, роман кинигэлэрин ааптара. Театрга ситиһиилээхтик туруоруллубут пьесалардаах. Кини кинигэлэрэ нууччалыы, сорох Европа тылларыгар тылбаастаммыттара. Аан дойдутааҕы «Алжир – культуралар быһа охсуһууларыгар», Казахстан «Алаш», Россия «Улахан литературнай» бириэмийэлэрин лауреата, СР искусствотын үтүөлээх деятелэ.
Кини прозатын улахан ситиһиитинэн «Таас Тумус» сэһэннэрэ уонна үс кинигэлээх «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» романа буолар. Бу романынан «Чингисхан кистэлэҥэ» уус-уран киинэ уһулунна. Суруйааччы быһыытынан айымньылара философскай хабааннаахтар, ураты сахалыы колориттаахтар.
Мигалкин Иван Васильевич
(1954)
1976 c. «Ньургуһуннаах сурук» хоһооннорун бастакы кинигэтэ бэчээттэммитэ. Ашхабад, Брянск куораттарга ыытыллыбыт бүтүн союзтааҕы поэттар фестивалларын, Москваҕа Пушкин поэзиятын бырааһынньыгын кыттыылааҕа. Оҕолорго анаан "Муосмурун көрүдьүөстэрэ", "Балык тоҕо ууну булбутай" о.д.а. элбэх айымньылардаах.
Неймохов Егор Петрович
(1950 - 2011)
«Сэргэлээххэ саас этэ» диэн маҥнайгы кэпсээнэ « Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммитэ. Автор айымньыларыгар бэйэтин кэмин дьонун- спортсменнары, искусство эйгэтин дьонун, ис орган үлэһиттэрин, учуонайдар, тыа сирин олохтоохторун үлэлэрин-хамнастарын туһунан ойуулаан көрдөрөр. Юрий Сергеев «Королевская охота» кинигэтин сахалыы тылбаастаабыта, Павел Пинигин «Путь к Олимпу» кинигэтин бэлэмнээбитэ. «Хапсыһыы» сэһэнэ П.А Ойуунускай аатынан драматическай театр сыанатыгар туруоруллубута.
Киинэ сценарийдарын суруйталаабыта. "Алампа" диэн икки чаастан турар романа киэҥ биһирэбили ылбыта.
Леонид Попов.
(1919 - 1990)
Бастакы хоһоонноро 1937с. бэчээттэммиттэрэ 1943с. поэт бастакы хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. 1944с. Софрон Даниловы кытта "Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов" диэн документальнай сэһэни суруйбуттара.
Сүрүн поэтическай айымныьалара: "От всего сердца" (1950), "Хоптолор" (1958), "Дым родного очага" (1966), "Гори огнем, сердце мое" уо.д.а.
Кини хоһооннорун нуучча аатырбыт поэтессата Анна Ахматова тылбаастаабыта. Киин издательстволарга "Утро над Леной" (1953), "Алмазный край" (1958), "Снегопад" (1963), "Песни Вилюя" (1970), "Я - ветка тайги" (1977), "От океана до океана" (1979) уо.д.а. хоһооннорун хомуурунньуктара нуучча тылынан бэчээттэммиттэрэ.
Саха литературатын киэҥ туттар "Тоҕой Сэлэ", "Мэйи Сирэ" романнарын, "Күндэли" сэһэнин, хас да драмалары сурйбута.
Литературнай тылбааһынан эмиэ дьарыктаммыта. Б.Полевой "Повесть о настоящем человеке", Н.Гоголь "Тарас Бульба", А.Фадеев "Молодая Гвардия" айымньыларын сахалыы саҥардыбыта.
Семен Попов -
Сэмэн Тумат
(1944)
Кини хоһоонноро аан бастаан 1965 с. «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэнэн тахсыбыта. «Сылгы кистиир сыһыытыгар» диэн очеркаларын бастакы хомуурунньуга 1981 с. күн сирин көрбүтэ. Тумат элбэх кэпсээннэри суруйбута: «Муора арыытыгар олох», «Туундара оһоҕо», «Улуу кыыл тыына», «Иэс төлөнүүтэ». 1994 с. Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы олоҕун, айар үлэтин чиничийэн кинигэ таһааттарбыта. 1995 с. Вл.Федоров нууччалыы тылбааһыгар «Остров в белом океане» диэн кэпсээннэрин кинигэтэ тахсыбыта.
Тумат хотугу дьон чэпчэкитэ суох олоҕун билэрэ, сыаналыыра кэпсээннэригэр, сэһэннэригэр олус истиҥник уонна арылхайдык ойууланар.
Сивцев Василий Тарасович
(1933)
Хоһоонноро доҕордоһууну уонна киһи ис иэйиитин көрдөрүүгэ туһуланар. Кини сүүстэн тахса сонеттары суруйбута.
В. Сивцев тылбаасчыт уонна критик быһыытынан эмиэ биллэр.
Василий Сергеевич Соловьев -
Болот Боотур
(1915 - 1993)
1957с. кимиэхэ да биллибэт автор "Ол күн" диэн поэматынан Октябрьскай революция 20 сылыгар анаммыт республиканскай конкурска иккис премияны ылан, литератураҕа киирбитэ. "Сааскы дьыбардар" романа 1967с. буолбут Октябрьскай революция 50 сылыгар анаммыт конкурска иккис миэстэни ылан, аны прозаик быһыытынан сиппитин-хоппутун көрдөрбүтэ. Айымньы 1971 сыллаахха бэчээттэммитэ. Бөдөҥ айымньытыгар "Уһуктуу" роман-трилогияҕа революция иннинээҕи саха норуотун олоҕун киэҥник сырдаппыта. Трилогия саха литературатын биир улахан ситиһиитинэн сыаналаммыта.
Руфов Семен Титович
(1927)
1955 с. бэчээттэнэр. Хоһооннорун бастакы кинигэтэ «Кэл, олор, кэпсэтиэх» 1959 с. тахсыбыта. Уон хоһоон кинигэлээх, ону таһынан очеркалара, кэпсээннэрэ, ахтыылара, эсселэрэ, рецензиялара хас да кинигэнэн бэчээттэннилэр. Кини поэзията лирическай тосхоллоох, сырдык юмордаах. Эпиграмма маастара. Дьээбэтэ-хообото «Дьээбэтинньик» (1998 с.), «Зыр-зыр» (2002 с.) кинигэлэригэр түмүллүбүт.
С. Руфов талааннаах тылбаасчыт. В. Шекспир сонеттарын, Ш. Руставели «Тигр таҥастаах бухатыыр» поэматын сахалыы саҥардыбытынан киэҥник биллэр. Кини тылбааска ситиһиилэрин «Сулустаах халлаан» (1998) кинигэтэ туоһулуур.
Савва Иванович Тарасов
(1934 - 2010)
Хоһоонноро республика сурунаалларыгар уонна хаһыаттарыгар 1950с. бэчээттэнэн барбыта, бастакы "Төрөөбүт Сахам тылынан" хоһооннорун уонна поэмаларын сүүрбэччэҕэ" тиийэ кинигэлэри таһааттарбыта, ол иһигэр "На берегах Синэ" уонна "Цветок аласа" хомуурнньуктара нууччалыы тылбаастанан Москваҕа бэчээттэммиттэрэ. Поэт Егор Исаев "Суд памяти", С.Островой "Мама" поэмаларын сахалыы саҥардыбыта. С.Тарасов тылбааһынан театрга В.Шекспир "Король Лир", "Гамлет", "Макбет", Эврипид "Медея" курдук улуу трагедиялара туруоруллубуттара. Поэт үгүс хоһоонноро ырыа буолан көттүлэр.
Тимофеев Михаил Егорович
(1932 - 2013)
1957 сылтан бэчээттэнэр. 1960 с. «Маҥнайгы хаар» диэн хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта. Төрөөбүт Сахатын сирин, тыйыс тымныылаах Саха сирин хорсун-хоодуот амарах сүрэхтээх дьонун хоһуйар. Сэрии ыар сылларыгар улааппыт бэйэтин көлүөнэтин суруйар. Инники сырдыкка эрэллээх, баай ис хоһоонноох олохтоох бэйэтин кэмин дьоннорун ойуулуур. Олох, таптал туһунан суруйбут айымньылара ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылаллар. «Ааныс» диэн хоһоонунан сэһэнэ онегинныы строфанан суруллубута. М. Джалиль, Т. Шевченко, Токтогул, Р. Гамзатов, Монголия, Тува, Индия поэттарын Хотугу норуоттар суруйууларын тылбаастаабыта. Кини хоһоонноро нуучча уонна атын омук тылларынан бэчээттэммитэ.
Петр Николаевич Тобуруокап
(1917 - 2001)
Бастакы хоһоонноро 1934с. "Колхоз суола" хаһыакка бэчээттэнэн бараллар. Саха народнай поэтын хоһоонноро сытыы тыллаахтар, сырдык юмордаахтар, ырыа буолан дьиэрэйэллэр. Кырачаан ааҕааччыларга анаан элбэх хоһоону күн сырдыгар таһаарбыта. Поэт ону тэҥэ улахан лирико-эпическэй айымньылардаах.
Харлампьева Наталья Ивановна
(1952)
Литератураҕа дьулусханнык киирбитэ. 1975с. бастакы хоһоонноро "Эдэр коммунист" хаһыакка бэчээттэммиттэрэ, онтон 1976с. бастакы кинигэтэ - "Аэроплан" "Чэчир" кассетаҕа тахсыбыта. Ол кэннэ кинигэрлэрэ утуу-субуу күн сирин көрөн испиттэрэ: "Дьол сибикитэ" (1981), "Кыһыл ньургуһун" (1986), "Дьэҥкир киэһэ" (1990), "Атырдьах ыйа" (1994), "Дьол кымыһа" (1999),Дьэҥкир сурук (2001), "Ночной полет" (1980), "Красный подснежник" (1988).
Василий Семенович Яковлев -
Далан
(1928 - 1996)
Бастакы айымньыта "Дьикти саас" сэһэнэ 1976с. "Хотугу Сулус" сурунаалга бэчээттэммитэ, 1978с. туспа кинигэ буолбута. Салгыы суруйааччы 1979с. "Аар тайҕам суугуна" диэн айылҕа харытсабылыгар анаммыт сэһэнэ Далан диэн литературнай аат мээнэҕэ ылыллыбатаҕын ааҕааччыларга итэҕэппитэ.
Талаанын саҥа кэрдиистэринэн саха былыргытын уус-ураннык көрдөрөр историческай хабааннаах айымньылар буолбуттара. 1983с. тахыбыт "Тулаайах оҕо" сэһэнэ кыргыс үйэтинээҕи кэмҥэ Саха сиригэр олорбут норуоттар олохторун-дьаһахтарын көрдөрүү биир чаҕылхай холобура. Суруйааччы бу темаҕа сүрүн үлэтинэн буолбут "Тыгын Дархан" историческай романа 1993с. күн сирин көрөн, ааҕааччылар биһирэбиллэрин, критиктэр үрдүк сыанабылларын ылбыта, республика общественноһын иһигэр киэҥ кэпсэтиини күөдьүппүтэ. Туох да күүркэтиитэ суох бу роман саха литературатын саамай үрдүк ситиһиитэ. "Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын" (1991), "Кынаттаах ыралар" (1988) романнарын, "Дьылҕам миэнэ" (1994) автобиографическай роман-эссетын суруйан ааҕааччыларга хаалларбыта.
Кырачаан ааҕааччыларга анаан хас кинигэлээ: "Саха төрдө", "Тэппэй боччумурар".
драматическай айымныьылары эмиэ суруйталаабыта.